Иона 2

2
Иона балык иһиттэн Таҥараҕа үҥэр
1Онтон АЙЫЫ ТОЙОН ыыппыт аарыма балыга#2:1 …балыга… – Кинигэ былыргы дьэбириэй тылынан суруллубут дьиҥ тиэкиһигэр маннык. Нууччалыы Синодальнай тылбаас «киит» диэн тыла былыргы гректии тылбааһы Септуагинтаны батыһар. Ол эрээри Септуагинта тыла «муора дьулаан харамайа» диэн суолталаах. тиийэн кэлэн, Ионаны ыйыстан кэбиспитэ. Иона ол иһигэр үс түүннээх күн буолан баран, 2балык иһиттэн АЙЫЫ ТОЙОН Таҥаратыгар үҥпүтэ:
3«АЙЫЫ ТОЙОН! Алдьархайга ылларан Эйигин ыҥырбыппар Эн миэхэ хардардыҥ,
Анараа дойду#2:3 Анараа дойду – Былыргы дьэбириэйдии тиэкискэ «Шеол» диэн. түгэҕиттэн үөгүлээбиппэр иһиттиҥ!
4Эн миигин дириҥ далайга, байҕал түгэҕэр түһэрбитиҥ, онно миигин бурулҕан эрийэн ылбыта,
Эн бары баалыҥ, модун долгунуҥ барыта мин үрдүбүнэн ытыллан ааспыта.
5Онон миигин аны көрбөттүү киэр үүрдэ дии санаабытым.
Суох! Мин өссө даҕаны Эн сибэтиэй Дьиэҕин көрүөҕүм!
6Халыан уу тыыммын хаайбыта,
түгэҕэ биллибэт чүөмпэ миигин мэҥиэстибитэ,
төбөбөр муора салахайа иилистибитэ.
7Мин хайалар төрдүлэригэр түспүтүм;
сир халҕана мин үрдүбүнэн букатыннаахтык хам хатаммыта!
Ол эрэн, АЙЫЫ ТОЙОН Таҥарам, Эн миигин үөдэн түгэҕиттэн таһаардыҥ!
8Сырам-сылбам баранан, муҥур уһукка түһэн, мин Эйигин, АЙЫЫ ТОЙОНУ, өйдөөн кэлбитим,
мин үҥэр үҥүүм Эйиэхэ, Эн сибэтиэй Дьиэҕэр, тиийбитэ.
9Туох да туһата суох эмэгэттэргэ сүгүрүйээччилэр Эйигин таҥнараллар.
10Оттон мин махтал тылларын этэммин Эйиэхэ сиэртибэ биэриэҕим,
эрэннэрбит тылбын толоруоҕум.
Быыһабыл АЙЫЫ ТОЙОНТОН тосхойор!»
11АЙЫЫ ТОЙОН дьаһайбытыгар аарыма балык Ионаны сиргэ өҕүйэн кэбиспитэ.

目前选定:

Иона 2: СБК

高亮显示

分享

复制

None

想要在所有设备上保存你的高亮显示吗? 注册或登录