1
Матфей 13:23
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Үтүө буорга ыһыллыбыт сиэмэ – ол этиллибит тылы истэр уонна өйдүүр буолан, өлгөм үүнүүнү биэрэр дьон: ким сүүс, ким алта уон, ким отут төгүл үрдүгү».
तुलना
खोजें Матфей 13:23
2
Матфей 13:22
Оттон эрбэһин быыһыгар ыһыллыбыт сиэмэ – ол тылы истэр эрээри, күннээҕи олох сүпсүлгэнигэр, баай умсулҕаныгар баһыйтаран, тылы сэҥээрбэт буолан, туһаны аҕалбат дьон.
खोजें Матфей 13:22
3
Матфей 13:19
ким эмэ Саарыстыба туһунан истэн баран өйдөөбөт буоллаҕына, киниэхэ хара дьайдаах кэлэн, кини сүрэҕэр ыһыллыбыт сиэмэни уоран илдьэ барар. Ол – суолга ыһыллыбыт сиэмэ.
खोजें Матфей 13:19
4
Матфей 13:20-21
Оттон таастаах сиргэ ыһыллыбыт сиэмэ – этиллибит тылы истээт да, үөрүүнэн ылынааччыны көрдөрөр; ол эрээри кини иһигэр силиһэ суох буолан өр тулуспат: кыһалҕа кыһарыйдаҕына, эбэтэр сойуолааһын саҕаланнаҕына, сонно тута итэҕэлин сүтэрэн кэбиһэр.
खोजें Матфей 13:20-21
5
Матфей 13:44
Халлаан Саарыстыбатын сиргэ көмүллүбүт күндү кылаатынан холобурдаан көрдөрүөххэ сөп. Киһи, оннук кылааты буллаҕына, онтукатын ылан кистээн кэбиһэр, итиэннэ үөрүүтүттэн туох баардааҕын барытын атыылаан баран, ол кылааттаах хонууну атыылаһан ылар.
खोजें Матфей 13:44
6
Матфей 13:8
оттон атын сиэмэтэ, өҥ сиргэ түһэн, сороҕо сүүс төгүл, сороҕо алта уон, сороҕо отут төгүл өлгөм үүнүүнү биэрбит.
खोजें Матфей 13:8
7
Матфей 13:30
Бурдук хомуура саҕаланыар диэри, хайатын да тыытымаҥ, бииргэ үүнэн эрдиннэр; оттон бурдук быһар кэм кэллэҕинэ, мин быһааччыларга этэммин, бастаан сыыс оту түүтэхтэтэн, уматарга анаан туспа хомуйтарыаҕым, оттон бурдугу маҥхааһайбар мустарыаҕым“».
खोजें Матфей 13:30
होम
बाइबिल
योजनाएँ
वीडियो