YouVersion-logo
BibelLæseplanerVideoer
Download appen
Sprogvælger
Søgeikon

Populære bibelvers fra 1 Коринф христианнарыгар 12

1

1 Коринф христианнарыгар 12:7

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Барыларыгар туһалаах буоллун диэн, хас биирдии киһиэхэ Тыын ураты көстүүтэ бэриллэр.

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:7

2

1 Коринф христианнарыгар 12:27

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Эһиги эмиэ – Христос Этэ-сиинэ буолаҕыт, хас биирдиигит, туспа ыллахха, Эт-сиин сорҕото буолар.

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:27

3

1 Коринф христианнарыгар 12:26

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

онон биирдэрэ эрэйдэннэҕинэ, атыттара бары эрэйи көрөллөр, биир миэстэ ытыктаннаҕына, эт-сиин бүтүн бэйэтэ үөрэр.

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:26

4

1 Коринф христианнарыгар 12:8-10

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Биир киһиэхэ Тыын муударай тылы этэр дьоҕуру, иккискэ эмиэ ол Тыын билиини тиэрдэр дьоҕуру, сороххо эмиэ ол Тыын итэҕэли, оттон атыҥҥа эмиэ ол Тыын ыарыыны үтүөрдэр араас дьоҕуру биэрэр, кимиэхэ эрэ дьиктини оҥорор, кимиэхэ эрэ Таҥара этиитин дьоҥҥо тиэрдэр пророк дьоҕурун, кимиэхэ эрэ тыыннары арааран билэр, кимиэхэ эрэ араас тылларынан саҥарар, кимиэхэ эрэ ол тыллары ис хоһооннорун быһаарар кыаҕы биэрэр.

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:8-10

5

1 Коринф христианнарыгар 12:11

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Бу маны барытын, Бэйэтэ сөбүлүүрүнэн хас биирдии киһиэхэ тус-туспа үллэрэн, барыбытыгар биир Тыын оҥорор.

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:11

6

1 Коринф христианнарыгар 12:24-25

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Онон көстөрө бөрүкүтэ суох миэстэбит үчүгэй көстүүлээх буоларын туһугар кыһаллабыт, оттон үчүгэй көстүүлээх миэстэбит оннук кистэнэргэ наадыйбат. Ол гынан баран эккэ-сииҥҥэ хайдыһыы суох буоллун, бары бэйэ-бэйэлэригэр биир тэҥник кыһалынныннар диэн, Таҥара суолталаммат миэстэлэргэ ордук улахан болҕомтону уурардыы барыларын бииргэ таҥан холбообут

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:24-25

7

1 Коринф христианнарыгар 12:4-6

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Тыын бэлэхтиир духуобунай дьоҕурун арааһа элбэх гынан баран, ону барытын биир Тыын биэрэр. Сулууспалааһын тус-туспа көрүҥнээх эрээри, барыта биир Айыы Тойоҥҥо ананар. Дьайыы көрүҥэ атын-атын эрээри, барытыгар эмиэ биир Таҥара дьайыыны оҥорор.

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:4-6

8

1 Коринф христианнарыгар 12:28

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Ол курдук, Таҥара сорохтору Сиэркэпкэ, бастатан туран, Апостолларынан анаабыт, иккиһинэн, Кини этэрин дьоҥҥо тиэрдэр пророктары, үсүһүнэн, үөрэтэр-уһуйар кыахтаах дьону туруорбут. Онтон салгыы сороххо дьиктини оҥорор, сороххо үтүөрдэр, көмөлөһөр, салайар, араас тылы билэр дьоҕуру биэртэлээбит.

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:28

9

1 Коринф христианнарыгар 12:14

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Оттон киһи этэ-сиинэ биир эрэ миэстэттэн буолбакка, элбэх миэстэттэн турар.

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:14

10

1 Коринф христианнарыгар 12:22

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Төттөрүтүн, эппитигэр быдан мөлтөх курдук көстөр миэстэлэрбит, ис дьиҥэр, тыын суолталаахтар

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:22

11

1 Коринф христианнарыгар 12:17-19

Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

СБК

Өскөтүн киһи этэ бүтүннүү харах эбитэ буоллар, хайдах истиэ этэй? Аҥардас истэрэ эрэ буоллар, тугунан сыты билиэ этэй? Ол эрээри, Таҥара эт-сиин хас биирдии миэстэтин Бэйэтэ сөп дииринэн оннун булларбыт. Арай барыта биир эрэ миэстэттэн турара эбитэ буоллар, эт-сиин ханна буолуо эбитэй?

Sammenlign

Udforsk 1 Коринф христианнарыгар 12:17-19

Forrige Kapitel
Næste Kapitel
YouVersion

Opmuntrer og udfordrer dig til at søge intimitet med Gud hver dag.

Tjeneste

Om

Karrierer

Bliv frivillig

Blog

Presse

Nyttige links

Hjælp

Donér

Bibeloversættelser

Lydbibler

Bibelsprog

Dagens vers


Et digitalt ministerium af

Life.Church
English (US)

©2025 Life.Church / YouVersion

PrivatlivspolitikBetingelser
Procedure for offentliggørelse af sikkerhedssårbarheder
FacebookTwitterInstagramYouTubePinterest

Hjem

Bibel

Læseplaner

Videoer