1
Матфей 4:4
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Иисус киниэхэ эппитэ: «„Киһи, аҥаардас килиэбинэн эрэ буолбакка, Таҥара этэр хас биирдии тылынан олоруоҕа“ диэн суруллубута».
Муқоиса
Матфей 4:4 омӯзед
2
Матфей 4:10
Иисус эппитэ: «Киэр буол Миигиттэн, сатана! Суруллан турар: „Айыы Тойон Таҥараҕар сүгүрүй итиэннэ Киниэхэ эрэ сулууспалаа“ диэн».
Матфей 4:10 омӯзед
3
Матфей 4:7
Иисус киниэхэ эппитэ: «Суруйууларга „Айыы Тойон Таҥараҕын тургутан көрүмэ“ диэн эмиэ баар».
Матфей 4:7 омӯзед
4
Матфей 4:1-2
Онтон Тыын Иисуһу, адьарайынан тургуттараары, кураайы куйаарга илдьэ барбыта. Иисус түөрт уон түүннээх күн устата постанан баран, тиһэҕэр, аһыан олус баҕаран кэлбитэ.
Матфей 4:1-2 омӯзед
5
Матфей 4:19-20
Иисус эппитэ: «Миигин батыһыҥ. Мин эһигини дьону илимнээччи оҥоруом». Инньэ диэтин кытта, кинилэр илимнэрин быраҕан, Иисуһу батыһан барбыттара.
Матфей 4:19-20 омӯзед
6
Матфей 4:17
Бу кэмтэн ыла Иисус: «Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа эргиллиҥ, Халлаан Саарыстыбата чугаһаата!» – диэн үөрэтэрин саҕалаабыта.
Матфей 4:17 омӯзед
Асосӣ
Китоби Муқаддас
Нақшаҳо
Видео