1
Матфей 10:16
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Бу Мин эһигини бөрөлөргө барааннары ыытар кэриэтэ ыыталыыбын, онон моҕой курдук муударай, холууп курдук судургу буолуҥ.
Муқоиса
Матфей 10:16 омӯзед
2
Матфей 10:39
Олоҕун харыстааччы – олоҕун сүтэриэҕэ, оттон Мин туспар олоҕун сүтэрбит киһи – олоҕун булуоҕа.
Матфей 10:39 омӯзед
3
Матфей 10:28
Киһи этин-сиинин өлөрөр эрээри, дууһатын өлөрөр кыаҕа суохтартан куттанымаҥ; ол оннугар киһини бүтүннүү – эттэри-сииннэри, дууһалары – гееннаҕа өлөрөр Кыахтаахтан куттанар буолуҥ.
Матфей 10:28 омӯзед
4
Матфей 10:38
ким бэйэтин кириэһин ылан Миигин батыспатах – ол эмиэ Миэхэ сөбө суох.
Матфей 10:38 омӯзед
5
Матфей 10:32-33
Миигин итэҕэйэрин дьон иннигэр аһаҕастык билиммит киһини Мин эмиэ Халлааннааҕы Аҕам иннигэр билиниэм; Миигиттэн дьон иннигэр аккаастаммыт киһиттэн Мин эмиэ Халлааннааҕы Аҕам иннигэр аккаастаныам.
Матфей 10:32-33 омӯзед
6
Матфей 10:8
ыарыһахтары үтүөрдүҥ, өлбүттэри олоххо төнүннэриҥ, араҥ ыарыылаахтары ырааһырдыҥ, дьонтон абааһылары үүртэлээн таһаарыҥ – босхо ылбыккытын босхо биэриҥ.
Матфей 10:8 омӯзед
7
Матфей 10:31
Онон куттанымаҥ: эһиги барабыайдааҕар быдан күндүгүт.
Матфей 10:31 омӯзед
8
Матфей 10:34
Эһиги Миигин сиргэ эйэни олохтуу кэлбит дии санаамаҥ: Мин эйэни буолбатах, батаһы аҕалбытым.
Матфей 10:34 омӯзед
Асосӣ
Китоби Муқаддас
Нақшаҳо
Видео