Mufananidzo weYouVersion
Mucherechedzo Wekutsvaka

Саалтыр 28

28
1Давид псалома.
Айхаллааҥ Айыы Тойону, Таҥара уолаттара,
айхаллааҥ Айыы Тойон кэрэмэн килбиэнин, улуу кыаҕын.
2Айхаллааҥ Айыы Тойон албаннаах аатын,
сүгүрүйүҥ Айыы Тойоҥҥо Кини сибэтиэй сыдьаайыгар.
3 Айыы Тойон саҥата уу үрдүнэн иһиллэр;
албан ааттаах Таҥара этиҥнии ньириһийэр,
Айыы Тойон саҥата улуу байҕал үрдүнэн эҥсиллэр.
4 Айыы Тойон саҥата модун күүстээх,
Айыы Тойон саҥата сүдү бэйэлээх.
5 Айыы Тойон саҥата сыалаах мастары тоһуталыыр;
Айыы Тойон Ливан сыалаах мастарын тоһуталыыр.
6Кини Ливаны тыһаҕастыы ыстаҥалатар,
Сириону эдэр оҕустуу ойуоккалатар.
7 Айыы Тойон саҥата уот төлөнүн саҕар,
8 Айыы Тойон саҥата кураайы дуолу дьигиһитэр,
Айыы Тойон Кадес кураайы дуолун дьигиһитэр.
9 Айыы Тойон саҥата уулаах табалары төрөтөр,
ойуурдары-тыалары сыгынньах хаалларар;
«Албан аат!» – ким барыта Кини Храмыгар саҥа аллайар.
10 Айыы Тойон уу мотуогун үрдүнэн бүрүстүөлгэ олорор,
Айыы Тойон ыраахтааҕылыыр бүрүстүөлүгэр
үйэттэн үйэлэр тухары олорор.
11 Айыы Тойон норуотугар күүстэ-сэниэтэ салгыахтын,
Айыы Тойон, эйэни бэлэхтээн, норуотун алгыахтын.

Zvasarudzwa nguva ino

Саалтыр 28: СБК

Sarudza vhesi

Pakurirana nevamwe

Sarudza zvinyorwa izvi

None

Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda