Иоанн 21:15-17
Иоанн 21:15-17 СБК
Аһыы олордохторуна, Иисус Симон Петртан ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин кинилэрдээҕэр ордук таптыыгын дуо?» «Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». Иисус эппитэ: «Мин барааннарым оҕолорун манаа». Онтон иккиһин ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?» «Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». «Мин барааннарбын манаа», – диэбитэ Иисус. Онтон үсүһүн ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?» Кини үсүһүн «Эн Миигин таптыыгын дуо?» диэбититтэн санньыйан, Петр эппитэ: «Айыы Тойон! Эн барытын билэҕин. Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин барааннарбын манаа.


![[Unboxing Psalm 23: Treasures for Every Believer] Paths of Righteousness Иоанн 21:15-17 Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ](/_next/image?url=https%3A%2F%2Fimageproxy.youversionapi.com%2Fhttps%3A%2F%2Fs3.amazonaws.com%2Fyvplans%2F35790%2F1440x810.jpg&w=3840&q=75)


