1
Аман өһө 14:12
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Сорох суол, көрдөххө, көнө курдук эрээри, тиһэҕэр өлүүгэ тиэрдэр.
비교
Аман өһө 14:12 살펴보기
2
Аман өһө 14:30
Киэҥ-холку киһи чэгиэн-чэбдик буолар, оттон ордугумсах, күнүүһүт – доруобуйатын айгыратар.
Аман өһө 14:30 살펴보기
3
Аман өһө 14:29
Ким киэҥ көҕүстээх, ол дириҥ өйдөөх, оттон ыгым акаарытын көрдөрөр.
Аман өһө 14:29 살펴보기
4
Аман өһө 14:1
Муударай дьахтар дьиэ-уот тэринэр, оттон акаары – дьиэтин бэйэтинэн үрэйэр.
Аман өһө 14:1 살펴보기
5
Аман өһө 14:26
Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл – бигэ көмүскэл, бэйэҕэр да, ыччаккар да халыҥ харысхал.
Аман өһө 14:26 살펴보기
6
Аман өһө 14:27
Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл – өлбөт мэҥэ уута – өлүү ситимиттэн өрүһүйэр.
Аман өһө 14:27 살펴보기
7
Аман өһө 14:16
Муударай киһи сэрэнэр – куһаҕантан тэйэн биэрэр, оттон акаары баламат – туохтан да куттаммат.
Аман өһө 14:16 살펴보기
홈
성경
묵상
동영상