1
Иаков 4:7
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Онон Таҥараҕа бас бэриниҥ, адьарайга утарылаһыҥ, оччоҕо адьарай эһигиттэн тэскилиэ.
비교
Иаков 4:7 살펴보기
2
Иаков 4:8
Таҥараҕа чугаһааҥ, оччоҕо Таҥара эһиэхэ эмиэ чугаһыа. Аньыылаахтар, илиигитин ыраастаныҥ, халбаҥнааччылар, сүрэххитин көннөрүнүҥ.
Иаков 4:8 살펴보기
3
Иаков 4:10
Айыы Тойон иннигэр сыһыйыҥ, оччоҕо Кини эһигини үрдүктүк тутуо.
Иаков 4:10 살펴보기
4
Иаков 4:6
Ол эрээри соччонон Таҥара өлгөм илгэлээх үтүөнү биэрэр. «Таҥара үрдүктүк сананааччыларга утарылаһар, сэмэйдэргэ үтүөтүк сыһыаннаһар» диэн ол иһин этиллибитэ.
Иаков 4:6 살펴보기
5
Иаков 4:17
Онон үтүөнү хайдах оҥорору билэ-билэ, ону оҥорбот киһи аньыыны оҥорор.
Иаков 4:17 살펴보기
6
Иаков 4:3
Көрдөһөргүтүгэр эһиги үтүөҕэ дьулуһан буолбакка, таҕылгытын тарҕатаары көрдөһөҕүт, ол иһин эһиэхэ бэриллибэт.
Иаков 4:3 살펴보기
7
Иаков 4:4
Оо, содурдар! Бу аньыылаах дойдулуун доҕордоһуу Таҥараҕа өстөнүү буоларын билбэт үһүгүт дуо? Онон, ким бу аньыылаах дойдуну кытта доҕордоһуон баҕарар, ол Таҥараҕа өстөөх буолар.
Иаков 4:4 살펴보기
8
Иаков 4:14
Эһигини бэл сарсын туох күүтэрин билбэккит буолбат дуо? Эһиги олоххут диэн тугуй? Быстах кэмҥэ тахса түһэн баран, уостан хаалар паар буолбатах дуо?
Иаков 4:14 살펴보기
홈
성경
묵상
동영상