1
Рим христианнарыгар 6:23
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Аньыы төлөбүрэ – өлүү, оттон Таҥара бэлэҕэ – Христос Иисус Айыы Тойоммутун кытта биир буолан тиксэр бараммат олохпут.
ತಾಳೆಮಾಡಿ
Рим христианнарыгар 6:23 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
2
Рим христианнарыгар 6:14
Аньыы аны эһигини салайыа суохтаах: эһиги Сокуон былааһыгар буолбакка, Таҥара илгэлээх үтүөтүн былааһыгар олороҕут.
Рим христианнарыгар 6:14 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
3
Рим христианнарыгар 6:4
Онон өлүүгэ сүрэхтэнэн, Кинилиин бииргэ көмүллэммит, Аҕатын килбиэннээх күүһүнэн өлбүттэртэн тиллибит Христос курдук билигин биһиги эмиэ саҥа олоҕу олорор кыахтаахпыт.
Рим христианнарыгар 6:4 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
4
Рим христианнарыгар 6:13
Эккитин-сииҥҥин аньыыга ончу туран биэримэҥ, хара дьайга туһаннарымаҥ, ол оннугар өлөн баран тиллибит дьон быһыытынан бэйэҕитин Таҥараҕа туттарыҥ, оччоҕо эккит-сииҥҥит бүтүннүүтэ үтүөнү оҥорон Киниэхэ сулууспалыа.
Рим христианнарыгар 6:13 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
5
Рим христианнарыгар 6:6
Эппит-хааммыт араас кыдьыктан босхолонон, аны аньыы-хара кулута буолбаппыт туһугар, биһиги эргэ киһибит Кинини кытта кириэскэ тиириллибитин билэбит
Рим христианнарыгар 6:6 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
6
Рим христианнарыгар 6:11
Ол курдук, эһиги эмиэ Христос Иисуһу – Айыы Тойоммутун кытта биир буолаҥҥыт, аньыы туһа кэллэҕинэ, өлбүппүт, Таҥара туһа кэллэҕинэ, тыыннаахпыт дии саныыр буолуҥ.
Рим христианнарыгар 6:11 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
7
Рим христианнарыгар 6:1-2
Онон туох диибитий? Таҥара илгэлээх үтүөтэ күүһүрэн истин диэн, эмиэ уруккубут курдук, аньыыбытын ыһыктыбакка сылдьабыт дуо? Олох оннук буолуо суохтаах! Биһиги, өлөн аньыы былааһыттан тахсыбыт дьон, аньыылаах олоҕунан хайаан салгыы олоруохпутуй?
Рим христианнарыгар 6:1-2 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
8
Рим христианнарыгар 6:16
Кимиэхэ эмэ баскытын бэринэн, бары этиитин толорорго бэлэм буоллаххытына, кини кулута буоларгытын ама өйдөөбөккүт дуо: эһиги өлүүгэ анньар аньыы кулуттара эбэтэр Таҥараны кытта эйэлэһиннэрэр истигэн буолуу кулуттара буолаҕыт.
Рим христианнарыгар 6:16 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
9
Рим христианнарыгар 6:17-18
Хаһан эрэ эһиги аньыы кулуттара этигит, оттон билигин, Таҥараҕа махтал, ылыммыт үөрэххитигэр ис сүрэххитинэн бас бэриннигит, аньыыттан босхолонон, кырдьыктаах быһыы кулуттара буоллугут.
Рим христианнарыгар 6:17-18 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
ಮುಖಪುಟ
ಬೈಬಲ್
ಯೋಜನೆಗಳು
ವೀಡಿಯೊಗಳು