1
Матфей 21:22
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Ол курдук эһиги, итэҕэйэн туран көрдөстөххүтүнэ, көрдөспүккүтүн барытын ылыаххыт».
ತಾಳೆಮಾಡಿ
Матфей 21:22 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
2
Матфей 21:21
«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – эһиги саарбахтаабакка итэҕэйэр буоллаххытына, бу смоковницаны хатарыахтааҕар буолуох, оннооҕор ити хайаны: „Өрө көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс“, – диэтэххитинэ, ону толоруо этэ.
Матфей 21:21 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
3
Матфей 21:9
Иисус иннигэр-кэннигэр иһэр дьон халыҥ халҕаһалара: «Осанна Давид Уолугар! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!» – диэн хаһыытаһаллара.
Матфей 21:9 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
4
Матфей 21:13
«„Мин Дьиэм үҥэр дьиэ буолуо“ диэн суруллубута, ону эһиги ороспуойдар ордуулара оҥорбуккут».
Матфей 21:13 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
5
Матфей 21:4-5
Бу барыта пророк өтө көрөн эппитэ туоларын туһугар буолбута: «Сион кыыһыгар этиҥ: Бу эн көрсүө-сэмэй Ыраахтааҕыҥ оселу, сэргэстэһэ иһэр ындыы оселун оҕотун, миинэн эйиэхэ кэлэн эрэр».
Матфей 21:4-5 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
6
Матфей 21:42
Иисус эппитэ: «„Тутааччылар бырахпыт таастара муннук тутаах тааһа буолла. Бу – Айыы Тойон оҥоһуута, биһиги маны көрө сөҕөбүт“ диэн Суруйууларга этиллибитин эһиги аахпатаххыт дуо?
Матфей 21:42 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
7
Матфей 21:43
Ол иһин Мин эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбата эһигиттэн былдьанан, туһаны аҕалар атын дьоҥҥо бэриллиэҕэ.
Матфей 21:43 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
ಮುಖಪುಟ
ಬೈಬಲ್
ಯೋಜನೆಗಳು
ವೀಡಿಯೊಗಳು