1
Иоанн 19:30
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Иисус уксууһу амсайан баран: «Туолла!» – диэбитэ. Уонна төбөтүн хоҥкутан, тыынын Таҥараҕа биэрбитэ.
ತಾಳೆಮಾಡಿ
Иоанн 19:30 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
2
Иоанн 19:28
Бу кэнниттэн Иисус барыта хайыы-үйэ туолбутун билэр буолан, Суруйууларга этиллибит ситэрин туһугар: «Утаттым», – диэбитэ.
Иоанн 19:28 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
3
Иоанн 19:26-27
Иисус, Ийэтин уонна кини аттыгар турар таптыыр үөрэнээччитин көрөн, Ийэтигэр: «Бу – Эн уолуҥ», – диэбитэ. Оттон үөрэнээччитигэр: «Бу – эн Ийэҥ», – диэн эппитэ. Мантан ыла үөрэнээччитэ Кини Ийэтин бэйэтигэр ылан олордубута.
Иоанн 19:26-27 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
4
Иоанн 19:33-34
Иисуһу кэлэн өлбүтүн көрөн, сототун уҥуоҕун тоһуппатахтара. Ол гынан баран биир буойун Кини ойоҕоһун үҥүүнэн анньыбытыгар сонно бааһыттан хааннаах уу тохтубута.
Иоанн 19:33-34 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
5
Иоанн 19:36-37
Суруйууларга «Кини уҥуоҕа тостуо суоҕа» диэн этиллибит ити курдук туолбута. Өссө атын кэрчиккэ «Кими супту анньыбыттарын көрүөхтэрэ» диэн этиллэр.
Иоанн 19:36-37 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
6
Иоанн 19:17
Кириэһин сүгэн, Кини «Бас уҥуоҕа», еврей тылынан «Голгофа» диэн ааттанар сиргэ тахсыбыта.
Иоанн 19:17 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
7
Иоанн 19:2
Буойуннар хатыылаах ыарҕаттан бөнүөк өрөн, Кини төбөтүгэр кэтэрдибиттэрэ, санныгар кыһыл сону саба бырахпыттара уонна
Иоанн 19:2 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
ಮುಖಪುಟ
ಬೈಬಲ್
ಯೋಜನೆಗಳು
ವೀಡಿಯೊಗಳು