1
Иоанн 10:10
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Уоруйах уора, өлөрө итиэннэ үрэйэ эрэ кэлэр, оттон Мин эһиэхэ олоҕу – толору олоҕу – биэрэ кэлбитим.
ತಾಳೆಮಾಡಿ
Иоанн 10:10 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
2
Иоанн 10:11
Мин үтүө маныыһыппын: үтүө маныыһыт барааннарын туһугар олоҕун толук биэрэр.
Иоанн 10:11 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
3
Иоанн 10:27
Бэйэм барааннарым Мин саҥабын истэллэр, Мин эмиэ кинилэри билэбин, онон Миигин батыһаллар.
Иоанн 10:27 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
4
Иоанн 10:28
Мин кинилэргэ бараммат олоҕу биэрэбин: кинилэр хаһан даҕаны өлүөхтэрэ суоҕа, ким да Миигиттэн кинилэри былдьаан ылыа суоҕа.
Иоанн 10:28 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
5
Иоанн 10:9
Мин – ааммын: ким Миигинэн киирбит, ол быыһаныа, киириэ да-тахсыа да, тахсан мэччирэҥи да булуо.
Иоанн 10:9 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
6
Иоанн 10:14
Мин үтүө маныыһыппын: Мин Бэйэм барааннарбын билэбин, кинилэр эмиэ Миигин билэллэр.
Иоанн 10:14 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
7
Иоанн 10:29-30
Миэхэ кинилэри биэрбит Аҕам кимтэн да улахан, онон Аҕабыттан ким да кинилэри былдьыыр кыаҕа суох. Аҕам биһикки – биирбит».
Иоанн 10:29-30 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
8
Иоанн 10:15
Аҕам Миигин билэрин курдук, Мин эмиэ Аҕабын билэбин, итиэннэ олохпун барааннарым тустарыгар толук уурабын.
Иоанн 10:15 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
9
Иоанн 10:18
Мин олохпун ким да Миигиттэн былдьаан ылбат – Бэйэм биэрэбин. Мин олохпун биэрэр да, хаттаан ылар да былаастаахпын. Бу – Аҕам Миэхэ соруйбут соруга».
Иоанн 10:18 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
10
Иоанн 10:7
Онон Кини хаттаан эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин барааннар киирэр ааннарынабын.
Иоанн 10:7 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
11
Иоанн 10:12
Наймылаһан үлэлээччи – ол маныыһыт буолбатах, барааннара киниэннэрэ буолбатахтар, онон кини бөрө иһэрин көрдөҕүнэ, барааннары быраҕан атахха биллэрэр, оччоҕо барааннары бөрө тутаттаан сиир, үрүө-тараа ыһыталыыр.
Иоанн 10:12 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
12
Иоанн 10:1
«Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бараан далыгар аанынан киирбэккэ, атын сиринэн күрүөһүлээн киирээччи – ол уоруйах уонна түөкүн
Иоанн 10:1 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
ಮುಖಪುಟ
ಬೈಬಲ್
ಯೋಜನೆಗಳು
ವೀಡಿಯೊಗಳು