1
Апостоллар 4:12
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Биһигини быыһыыр Киниттэн атын ким да суох; Кини аатыттан ураты – биһиги быыһанарбытыгар бэриллибит атын аат – бу күн сиригэр суох!»
ತಾಳೆಮಾಡಿ
Апостоллар 4:12 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
2
Апостоллар 4:31
Үҥэн бүтэллэрин кытта, түмсүбүт дьиэлэрэ дьигиһийэн ылбыта, Сибэтиэй Тыын сүрэхтэрин толорон, бука бары, иҥнэн-толлон турбакка, Таҥара тылын иһитиннэрэн барбыттара.
Апостоллар 4:31 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
3
Апостоллар 4:29
Онон билигин, Айыы Тойон, кинилэр суоһурҕаналларын көр-иһит уонна биһиэхэ, кулуттаргар, Эн тылгын туохтан да куттаммакка, хорсуннук тиэрдэрбитигэр күүстэ салҕаа
Апостоллар 4:29 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
4
Апостоллар 4:11
бу киһини үтүөрдэн, кини эһиги иннигитигэр турар. Иисус туһунан этиллэр: „Эһиги, тутааччылар, киэр бырахпыт тааскыт муннук тутаах тааһа буолла“.
Апостоллар 4:11 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
5
Апостоллар 4:13
Петрдаах Иоанн хорсуннарын көрөн уонна үөрэҕэ суох боростуой дьон буолалларын билэн, аҕа баһылыктар дьиибэргээбиттэрэ гынан баран, Иисуһу кытта бииргэ сылдьыбыттарын сэрэйбиттэрэ.
Апостоллар 4:13 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
6
Апостоллар 4:32
Итэҕэли ылыммыттар бары биир сүрэхтээхтэрэ, биир дууһалаахтара; ким да бэйэтин бас билиитин бэйэм эрэ киэнэ диэбэккэ, барытын бииргэ бас билэн олорбуттара.
Апостоллар 4:32 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
ಮುಖಪುಟ
ಬೈಬಲ್
ಯೋಜನೆಗಳು
ವೀಡಿಯೊಗಳು