1
2 Коринф христианнарыгар 4:18
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Онон биһиги харахпытын көстөр эйгэҕэ буолбакка, көстүбэт эйгэҕэ хатыыбыт. Бу көстөр эйгэ муҥур үйэлээх, оттон көстүбэт эйгэ үйэтэ муҥура суох.
ತಾಳೆಮಾಡಿ
2 Коринф христианнарыгар 4:18 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
2
2 Коринф христианнарыгар 4:16-17
Ол иһин биһиги санаабытын түһэрбэппит. Төһө да тас көрүҥмүт улам иинэн-кэхтэн истэр, ис олохпут күнтэн күн саҥардыллан иһэр. Бу олоххо көрсөр быстах кэмнээх чэпчэки эрэйбит биһиэхэ ол эрэйбитин элбэх төгүл сабырыйар бараммат үйэлээх, толору ыйааһыннаах балысхан албан ааты аҕалыаҕа.
2 Коринф христианнарыгар 4:16-17 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
3
2 Коринф христианнарыгар 4:8-9
Биһигини бары өттүбүтүттэн ыгаллар-түүрэллэр эрээри, муннукка хаайтарбаппыт; эрэл эрэ быстыах туругар сылдьабыт эрээри, эрэлбит быстыбат; сойуолууллар эрээри, Таҥара биһигини хаалларбат; самнарбыттарын да иһин, өлөн-охтон биэрбэппит.
2 Коринф христианнарыгар 4:8-9 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
4
2 Коринф христианнарыгар 4:7
Биһиги буоллаҕына маннык күндү кылаат угуллубут туой боччуктара эрэ буолабыт. Онон бу муҥура суох күүс биһиэнэ буолбатаҕа, Таҥара киэнэ буолара ырылыччы көстөр.
2 Коринф христианнарыгар 4:7 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
5
2 Коринф христианнарыгар 4:4
Таҥара уобараһа – Христос – кэрэмэн килбиэнин туһунан Евангелие сырдыга сыдьаайбатын диэн, бу үйэ таҥарата кинилэр өйдөрүн хараҥардыбыт, ол иһин итэҕэйбэттэр.
2 Коринф христианнарыгар 4:4 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
6
2 Коринф христианнарыгар 4:6
Тоҕо диэтэххэ, «хараҥаттан сырдык тыктын» диэбит Таҥара, Иисус Христос сирэйигэр сыдьаайбыт Бэйэтин килбиэнин биллэрэн биһигини сырдатаары, сүрэхпитигэр күндэлэс сырдыгынан сыдьаайбыта.
2 Коринф христианнарыгар 4:6 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
ಮುಖಪುಟ
ಬೈಬಲ್
ಯೋಜನೆಗಳು
ವೀಡಿಯೊಗಳು