1
1 Коринф христианнарыгар 13:4-5
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
СБК
Таптал тулуурдаах, амарах санаалаах, таптал ордугурҕаабат, таптал арбаммат, улаханнык санаммат, сүөргү быһыыламмат, бэйэтин эрэ иннин көрүммэт, хоргуппат, куһаҕаны өйдүү сылдьыбат
ತಾಳೆಮಾಡಿ
1 Коринф христианнарыгар 13:4-5 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
2
1 Коринф христианнарыгар 13:7
барытын уйар, барытын итэҕэйэр, барытын эрэнэр, барытын тулуйар.
1 Коринф христианнарыгар 13:7 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
3
1 Коринф христианнарыгар 13:6
куһаҕантан үөрбэт – кырдьыктан үөрэр
1 Коринф христианнарыгар 13:6 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
4
1 Коринф христианнарыгар 13:13
Оттон билигин субу үс: итэҕэл, эрэл, таптал – баар; ол эрэн таптал барыларыттан улахан.
1 Коринф христианнарыгар 13:13 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
5
1 Коринф христианнарыгар 13:8
Таптал хаһан да уостубат. Таҥара этиитин дьоҥҥо тириэрдэр дьоҕур – сүтүөҕэ, атын тылынан саҥарар дьоҕур – уурайыаҕа, билии-көрүү дьоҕура эмиэ хаһан эрэ туһата ааһыаҕа.
1 Коринф христианнарыгар 13:8 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
6
1 Коринф христианнарыгар 13:1
Өскөтүн мин араас омук, бэл Аанньал да тылынан саҥарар буолан бараммын – сүрэхпэр таптала суох буоллахпына, ол аата мин – таҥкыныыр эрэ алтаммын, чылыгырыыр эрэ чуорааммын.
1 Коринф христианнарыгар 13:1 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
7
1 Коринф христианнарыгар 13:2
Өскөтүн мин Таҥара этиитин дьоҥҥо тиэрдэр дьоҕурдаах пророк, бары кистэлэҥи барытын билэр, бары өттүнэн толору билиилээх итиэннэ бэл хайалары да оннуттан халбарытар күүстээх итэҕэллээх киһи буолан бараммын – сүрэхпэр таптала суох буоллахпына, ол аата мин ким да буолбатахпын.
1 Коринф христианнарыгар 13:2 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
8
1 Коринф христианнарыгар 13:3
Өскөтүн мин туох баар баайбын-дуолбун барытын дьадаҥыларга түҥэтэн, эппин-сииммин уокка уматтара биэрэн да бараммын сүрэхпэр таптала суох буоллахпына, ол дьайыым миэхэ туох да туһата суох.
1 Коринф христианнарыгар 13:3 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
9
1 Коринф христианнарыгар 13:11
Мин оҕо сылдьан оҕолуу саҥарарым, оҕолуу толкуйдуурум, санаабын оҕолуу этинэрим; онтон сааспын ситэн баран, оҕолуу быһыыбын-майгыбын хаалларбытым.
1 Коринф христианнарыгар 13:11 ಅನ್ವೇಷಿಸಿ
ಮುಖಪುಟ
ಬೈಬಲ್
ಯೋಜನೆಗಳು
ವೀಡಿಯೊಗಳು